СИДОРОВ ИВАН ЕГОРОВИЧ
(1911-1943)
Иван Егорович Сидоров - Өнөр Дьөгүөссэ уола, 1911 сыллаахха Көбөкөн Үкэчитигэр төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэр 12 оҕо эбит. Олортон кэлин алта оҕо тыыннаах хаалбыт: 4 кыыс, 2 уол. Иван Егорович иккис оҕо, улахан уол эбит. Кини эт саастыы кыыһын (Көбөкөн Куокуйугар төрөөбүт Бөтүрүөптэр баар суох соҕотох кыыстарын) Матрена Андреевнаны 16 саастааҕар кэргэн ылбыт. Сиидэрэптэр Бөтүрүөптэри кытта оҕолоро 12 саастаахтарыгар илии тутуспуттар.
1929 сыллаахха «холкуостааһын» буолбутугар, эдэр ыаллар Сиидэрэптэр икки ынахтарын, биир аттарын биэрбиттэр. Эдэр ыал 1930 сыл улахан уолларын Егор Иванович-Күттүнү төрөтөллөр. Кини иннинэ-кэннинэ кыыс оҕолор төрүүллэр. Онтон 1935 сылга Егор Иванович Сидоров-Нэссэ күн сирин көрөр. Егор Иванович-Нэссэ кэнниттэн, кыра балтылара Елизавета Ивановна Находкина төрөөбүтэ, билигин пенсияҕа куоракка олорор. Иван Егорович-Өнөр Дьөгүөссэ уола мындыр уус, наһаа ытыктанар киһи эбитэ үһү. Үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин «Бастакы пятилетка ударнига» уонна «Стахановец» бочуоттаах аатын ылбыт. Бочуоттаах аакка тиксэн, 1936 сыллаахха ударниктар уонна стахановецтар бүтүн республикатааҕы бастакы слеттарыгар кыттыбыта. Холкуоска кэргэнинээн иккиэн кыһыннары сүөһү, сылгы көрөн, сайынын от оттоон олорбуттар.
1941 сыл... Сэрии алдьархайа ааҥнаабыта. 1941 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр Иван Егорович, кэргэнин Матырыас убайа, быраата Семен, Григорий Петровтар буолан үһүөн сэриигэ бараллар. Нэһилиэк дьоно өрүскэ киирэр колхоз аартыгар мустан, барыта 60-тан тахса биир дойдулаахтарын фроҥҥа атаарбыттар. 1943 сыл саҕаланыытыгар «хара сурук» кэлбитэ Сидоровтарга: «уолгут, кэргэнин Иван Егорович Сидоров Москва аннынааҕы кыргыһыыга өллө» диэн. Уола Сидоров Е.И. туруорсуутунан, кыргыттара 1981 сыл Москваҕа киин архыыпка эһэлэрин Сидоров Е.И. уонна убайдарын Сидоров Г.Е. тустарынан ирдэбил оҥорбуттара. Сотору кэминэн «ирдэбилгэ» хоруйдаан: «Гаврил Егорович Сидоров погиб в боях под Псковом, место захоронения неизвестно»; «Иван Егорович Сидоров погиб в сражениях г. Великие Луки. Похоронен в г. Великие Луки» диэн эппиэт кэлбитэ. Барамыгин Бүөтүр сэриигэ Сидоров И.Е. көрсүбүтүн кэпсээбит: «Кыргыһыыга киирээри туран көрсүбүтүм. Уйбаан үөрбүтэ аҕай уонна нууччалыы билбэт буолан «в атаку» диэтэхтэринэ, тэҥҥэ инники диэки сырсан иһэбит» диэхтээбитэ. Ынырык хартыына этэ, наһаа элбэх саллаат өлбүтэ. Кэлин Уйбааны көрдүү сатаабытым да, булбатаҕым...»
Ахтыыны суруйда сиэнэ Л.Е.Бочкарева-Жиркова