Ядреев Иван Михайлович
(1904-1942 сс.)
1941 с. бэс ыйын 22 күнүгэр аана суох алдьархайы аҕалбыт Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Норуот иннигэр дойдуну өстөөхтөн көмүскүүр ытык иэс турбута. Сэрии дуораана ыраах Саха сиригэр тута биллэн барбыта. Ыал аайы куттал, аймалҕан бүрүүкээбитэ. Бастакы хомуурга барбыт аҕабыт икки бырааттара сэрии толоонугар охтубуттарын туһунан биллэриилэр утуу-субуу кэлээттэрин кытта, аны аҕабытыгар ыҥырыы бэбиэскэ кэлбитэ. Онон, аҕабыт Ядреев Иван Михайлович, Нам Үөдэйин олохтооҕо, үс кыра оҕотуттан, кэргэниттэн, аймах-билэ дьонуттан арахсан ийэ дойду көмүскэлигэр, уоттаах сэриигэ 1942 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр барбыта. Кини Калининскай фроҥҥа түбэһэн сэрии саамай үөһүгэр сылдьыбыта. Советскай Армия Ржев туһаайыытыгар 1050 км усталаах Калининскай фроҥҥа 1 млн. 890 тыһыынча саллааты, 24 тыһыынча 682 саа сэбин, 3375 таанканы, 1170 самолету түмэн улахан сэриини мунньубута.
Ядреев Иван Михайлович 1942 с. сайыныгар, күһүнүгэр, кыһыныгар Калининскай фронт икки стратегическай кимэн киирии операцияларыгар кыт тыбыта:
1.Ржево-Сычевскайдааҕы операция (30.06.1942—01.10.1942 сс.)
2.Ржево-Сычевскайдааҕы операция (25.11.1942—20.12.1942 сс.).
Манна фронт сэриилэрин сүрүн сыалынан «В Модель» 9-с армиятын үлтүрүтүү уонна өстөөх Ржево-Сычевскайдааҕы группировкатын суох оҥоруу этэ. Ржев операциялара «Марс» диэн кодовай аатынан бэлэмнэниллибиттэрэ. Бу операциялар хаамыыларын маршал Жуков тус бэйэтинэн салайбыта. Ол эрээри бу операциялар хотторуунан түмүктэммиттэрэ. Америка историга Д. Гланц: «Операция «Марс» превратилось в кровавую бойню Советской Армии», — диэн бэйэтин ахтыытыгар бэлиэтээбитэ. Аҕабыт Ядреев Иван Михайлович бу ынырыктаах кыргыһыыга, 1942 сыл ахсынньы 3 күнүгэр сэрии толоонугар хорсуннар өлүүлэринэн охтубута. Ол туһунан ийэбитигэр маннык ис хоһоонноох биллэрии кэлбитэ: «Ваш муж, Ядреев Иван Михайлович, уроженец Якутской АССР Намского района в бою за Социалистическую Родину, верный воинской присяге, проявив геройство и мужество, был убит 03.12.1942 г. Похоронен в д. Кошели, Калининской области», — диэн. Ол эрээри Ржев таһынааҕы кыргыһыылар биһиги армиябыт Сталинград операциятыгар кыайарыгар тирэх буолбуттара.
Калининскай фроҥҥа 1941-1942 сс. хомуурдарга барбыт элбэх саха саллаата баара. Чопчулааһын түмүгүнэн, ити кыргыһыыларга 950 саха саллаата өлбүтэ биллэр. Ахтыыларга сэрии толоонугар тыһыынчанан дьон сылбах курдук охтубуттара үгүстүк бэлиэтэнэр. Кэлин ол сирдэри «Долина Смерти», «Роща Смерти», «Болото Смерти» диэн ааттаталаабыттара.
Аҕабыт туһунан сиэнэ Константин Иванович Ядреев ирдэһэн-тордоһон, бойобуой суолларын билсэн улахан хайҕаллаах, долгутуулаах дьыаланы оҥордо. Онно чуолкайдаммытынан, Великолуцкай оройуон, Горицкай волоһыгар Мякотино диэн дэриэбинэҕэ 1941 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр төрүттэммит «Братскай захоронение» баар эбит. Онно Мякотино чугаһынааҕы кыргыһыы буолбут дэриэбинэлэриттэн саллааттар өлүктэрин мунньан уҥуох туппуттар. Бу көмүллүүгэ 1482 саллаат аата үйэтитиллибит. Онно аҕабыт аата 1438 киһинэн суруллан турар — Ядреев Иван Михайлович 1942 сыл ахсынньы 3 күнэ.
Кыргыттара, сиэннэрэ, 2015 с.