ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУТУН ДЬИҤНЭЭХ ПАТРИОТА
Саха республикатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Бочуоттаах гражданина, республикаҕа уонна улууска киэҥник биллибит уруһуйдьут, дойдутун дьиҥнээх патриота Михаил Романович Петухов 1950 сыллаахха Нам оройуонун Нам сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Аҕата Роман Михайлович, ийэтэ Гликерия Степановна Бороҕон улууһуттан төрүттээх этилэр.
* * *
Миша орто оскуоланы бүтэрэн салгыы педучилищеҕа үерэммитэ, ол кэннэ Нам 8 кылаастаах оскуолатыгар уруһуй уонна черчение учууталынан үлэлиир. 1980 с. Хабаровскайдааҕы пединституту бүтэрэн баран З.П. Винокуров аатынан музыкальнай оскуолаҕа уруһуй салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Үөрэппит оҕолоро билигин республика араас улуустарыгар тарҕанан үлэлии сылдьаллар. Ол курдук, Ариан Ермолаев, Екатерина уонна Туйаара Шапошни-ковалар, Евдокия Колодезнико-ва, Дария Романова о.д.а. республикаҕа киэҥник биллэр культура деятеллэрэ буола үүннүлэр.
1992-96 сс. промышленноска саҥа сүүрээнинэн «Эҥсиэли-Даймонд» акционернай общество генеральнай директорынан ананан алмааһы кырыылааһынынан дьарыктаммыта.
Киһи олоҕун кэрэһэлиир аартык суолун история кэрдииһигэр хаалларбыт буоллаҕына өлбөт үйэлэнэр. Михаил Романович Аҕа дойду улуу сэриитигэр саха буойуннара Ржев куораты туруулаһыыга сэрии хонуутугар охтубуттарыгар үйэлээх бэлиэнэн мемориалы бырайыагыттан саҕалаан тутуллуутугар тиийэ үлэлэспитэ умнуллубат.
Улуу Кыайыы 40 сыллаах үбүлүөйүгэр Ржев сиригэр охтубут буойуннар оҕолоро И.С Шарапов, Н.Л. Павлов, корреспондент Т.Т. Халыев, бу кыргыһыы кыттыылааҕа Д.Г. Дураев онно тиийэ сылдьан Нам оройуонун аатыттан пааматынньыкта тутуохха диэн кэпсэтии ыыппыттара. 1986 с. бу пааматынньык-мемориал эскизнэй бырайыагар оройуонҥа куонкурус биллэриллибитэ. 10-тан тахса бырайыак киирбититтэн MP. Петухов бырайыага кыайыылааҕынан тахсыбыта.
1987 с. Михаил Романович оройуон делегациятын састаабыгар киирэн мемориал тутул-лар сирин быһааттаран кэлбитэ. Кэлин бу бырайыакка республика ылсан үбэ быһаарыллан киэн далааһыннаах үлэ оҥоһуллубута. Бырайыак архитектурнай чааһын Ржевтэн архитектор Б. Варакцин толорбута, оттон быһаччы тутуутун, монтажтыыр үлэтин А. Поликарпов салайааччылаах Ржевтээҕи СМП-262 тэрилтэ ситэрбитэ.
Ити кэмнэргэ дойду олоҕор сүҥкэн уларыйыылар тахсаннар икки сыл мемориал тутуута тохтуу сылдьыбыттааҕа. Михаил Романович алмааһы кырыылыыр собуокка үлэлиир кэмигэр Смоленскайга «Кристалл» собуокка бара-кэлэ Ржевкэ таарыйан, ыкса сибээстэһэн билсэр этэ. 1994 с. атырдьах ыйын 22 күнүгэр ити бырайыак силигэ ситэн мемориал оҥоһуллубута.
Бу кэмҥэ Ржевкэ өйдөбүнньүгү туруорууга күүс-көмө буолбут дьонно мемориальнай ансамбль автора M.P. Петухов улахан махталын биллэрбитэ: «Манна өйөбүл, күүс-көмө, тирэх буолбут правительство өттүттэн М.П. Габышевка, оччотооҕу Нам райкомун секретардара С.А. Филипповка, Е.М. Ларионовка ахсаабат махталбын этэбин».
2002-05 сс. Михаил Романович Хатырыкка М.К. Аммосов аатынан государственность историятын музейыгар директорынан үлэлиир кэмигэр музей Ил Түмэн бюджетыгар туспа строканан үбүлэнэрин курдук боппуруоһу көтөхпүтэ. Бу республика президенэ В.А. Штыров таһымыгар тиийэ туруоруллан баран кыаллыбатаҕа.
Ити курдук Михаил Романович Петухов олоҕун устатыгар үс улахан, республика таһымнаах бырайыактарга ис сүрэҕин, өйүн-санаатын ууран туран үлэлээбитэ. Бастатан, Ржев куоракка саха буойуннарыгар аналлаах мемориалы тутуу. Иккиһинэн, алмааһы кырыылыыр собуоту салайан алмаас промышленноһыгар тус кылаатын киллэриитэ. Үсүһүнэн, государственность музейын оччотооҕу тууйуллубут кыһалҕаларын улахан таһымҥа тиийэ туруорсуута, онтон сиэттэрэн үтүө түмүктэр баар буолбуттара.
Бу үлэтэ үрдүктүк сыаналанан 2001 с. «Туймаада Даймонд» АК махтал грамотатынан уонна анал чаһытынан бэлиэтэммитэ, 2002 с. Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 370 сылыгар анал бэлиэнэн, 2005 с. Улуу Кыайыы 60 сылыгар өйдөбүнньүк мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кини Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ үрдүк ааты сүкпүтэ, төрөөбүт улууһун Ытык киһитэ ааттаммыта.
Иннокентий КРИВОШАПКИН,
кыраайы үөрэтээччи