top of page
Metall-Belyiy.jpg

ТУЛХАДЫЙБАТ ДОҔОРДОҺУУНУ ТУОҺУЛААТА

Ржев куоракка Саха Республикатын делегацията сылдьыытын туһунан

Волга үрдүк биэрэгэр турар нуучча былыргы куоратыгар Ржевкэ Москваттан Волоколамскай шоссенан үс чаас айаннаатахха тиийэҕин. Бy күөххэ сууламмыт сүрдээх ыраас, сылдьарга олус үчүгэй куорат уулуссаларынан хаамтаххына, куорат 50 сыл анараа өттүгэр сиртэн суох буола сиппиллибитин итэҕэйиэххин баҕарбаккын.

Оройуон быысаһар кыраныыссатыгар администрация баһылыга уонна Ржев куорат уонна оройуон общественноһын представителлэрэ Саха сириттэн тиийбит оҕолору хаһааҥныттан  эрэ билэр курдук аламаҕайдык уонна истиҥник көрүстүлэр. Бастакы тохтобул тыа хаһаайыстыбатын механизациятын колледжыгар буолла. Студеннар саастыылаахтарын кытта ирэ-хоро кэпсэттилэр, сувенирдары атастастылар, аадырыстарын бэристилэр, иниикитин буолуохтаах спортивнай күрэхтэһиилэр, концертар, ту­ристическай походтар тустарынан үөрэ-көтө кэпсэттилэр. Эдэр Ржев олохтоохторо бэйэлэрин саастыылаахтарын ытыктыы, астына кердүлэр. Биһиги оҕолорбут сүөһүгэ сыстаҕастара, аттары көлүйэллэрэ түргэнэ, тракторы, массыынаны учүгэйдик ыыталлара ордук умсугутта. Саха оҕолоро неби, гаһы хостуур идэлэргэ, киинэ режиссеругар, экономист идэтигэр, баан дьыалатыгар МГУ-га МГИМО, о.д.а. үрдүк үерэх заведениеларыгар ситиһиилээхтик үөрэнэллэр. Ааспыт иэдээннээх сэриигэ Ржеви көмүскээбиттэр уонна кыайбыттар кэлиҥҥи көлүөнэлэрэ кэлэн туралларын Ржев куорат уонна оройуон олохтоохторо ыалдьытымсах ну­учча норуотун үтүө үгэһинэн көрүстүлэр.

Колледжка көрсуьүу кэнниттэн оҕолор манна сэриилэьэн охтубут саха буойуннарын ме­мориалыгар бардылар. Ржевтэн 20-чэ километр тэйиччи киһи хаpaҕap быраҕыллар ыраас хонууга гранит мемориал тутуллубут. Автомобиль магистралынан туох да эрэйэ суох тиийэбин. Хараххын сап — Нам, Чурапчы, Таатта, онтон да атын Саха Ре­спубликатын ханнык баҕарар улууһугар ейгунэн-санааҕынан тиийбиккин бэйэҥ да билбэккэ хаалаҕын. Биһиги кыргыһыы хонуутугар охтубут геройдарбыт күүлэйдээбит-күөлэһийбит төрөебүт алаастарын санаабыттара чахчы. Биһиги кууспут — тереебут сирбит!

Мемориалга веноктары ууруох иннинэ траурнай миитин бу­олла. Онно Госдума депутата Т. Астраханская, бастайааннай представительство председателин солбуйааччы В. Качаев, сту­дент А. Ермолаев, администра­ция баһылыга В. Румянцев уонна миитин атын кыттыылаахтара Саха сирин Ржев сиригэр өлбүт хорсун буойуннар ытык ааттарыгар махтал тылларын анаатылар, aҕa келүөнэ үтүө дьыалатын салгыырга, Россияны уонна Са­ха сирин баай дьоллоох оҥорорго андаҕайдылар.

Веноктары уонна тыыннаах сибэккилэри мемориалга уурууну чыычаахтар үөрүүлээх ырыаларынан, өлбөт-сүппэт олоххо эрэли этэр хор модун ырыатынан доҕуһуоллууллар.

Ити кэнниттэн мемориал ту­ла эдэркээн хатыҥнары, липа­лары, тополлары олордулунна. Ити олоххо дьулуур күүстээҕин туоһулуур улуу түгэнинэн буол­ла. Бэрт кылгас кэмҥэ эдэрдэр сылаас илиилэринэн тыыннаах мастар аллеялара уескэтилиннэ. Итини олохторун ситэ олорботох саллааттар дьыалалара, кинилэргэ сырдык ейдебул умнуллубатын туоьутунан ылыныахха сел. Бу мастар кинилэри олордубут төлөннөөх сүрэхтээх эдэрдэр олоххо дьулуурдарын сылааһынан бигэнэн суугунуу үүнүөхтэрэ уонна кэлэр көлүөнэлэри үөрдүөхтэрэ-көтүтүөхтэрэ диэн бигэтик эрэнэбин.

Саха сирин делегацията куо­ракка төннөр, Ржев куораты босхолооччуларга анаммыт киин памятникка веноктары уонна ты­ыннаах сибэккилэри ууруохтаах. Хаһан эрэ манна үчүгэйкээн бэйэлээх Кремль турбута. Ол сэрии саҕана күлгэ-көмөргө кубулутуллубута. Билигин манна бэйэлэрин төрөөбүт сирдэрин өстөөххө былдьаппатах Россия саллааттарын бырааттыы кылабыыһата олохсуйбут.

Ржев сирин кытта бырастыылаһыы чэпчэкитэ сyoҕa 50 сыл анараа өттүгэр сарын-санныларыттан өйөнсөн бу сири көмүскээбиттэр эдэр көлүөнэлэрэ кылгас кэмҥэ да буоллар истиҥник доҕордостулар. Ол доҕордуу илиини уунуу уонунан сыллар ааспыттарын кэннэ буолбута биһиги, Россия норуоттарын, доҕордоһуубут тулхадыйбатын туспута. Ржев сириттэн Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыттар дуоһуйбуттарын, астыммыттарын, сылаас, истин тылларынан ахталлар. Доҕордоһуу улуу күүс буоларын делегация эдэр кыттыылаахтара тус бэйэлэринэн итэҕэйдилэр.

 

Иоланта КАЧАЕВА

bottom of page