РЖЕВ
ХОРСУН БЫҺЫЫ ҮЙЭТИТИЛЛИЭХТЭЭХ
Я убит подо Ржевом,
В безымянном болоте,
В пятой роте, на левом,
При жестоком налете...
Я — где корни слепые
Ищут корма во тьме;
Я – где с облачком пыли
Ходит рожь на холме;
Я - где крик петушиный
На заре по росе;
Я - где ваши машины
Воздух рвут на шоссе;
Где травинку к травинке
Речка травы прядет, -
Там, куда на поминки
Даже мать не придет...
Александр Твардовский
Нам улуупун дьоно, дьаһалтата Ржев куорат олохтоохторун. дьаһалтатын кытта 1985 сыллаахтан бииргэ үлэлэһэллэр. Ийэ Дойдуларын көмүскүү сылдьан, Ржев анныгэр икки аҥар тыһыынча кэринэ Саха сирин саллаата геройдуу охтубута. Ама да ааспытын иһин, биир дойдулаахтарбыт өлүү айаҕар киирэллэрин аахсыбакка, улахан кыргыһыыларга кыттан, Кыайыы туһугар сырдык тыыннарын толук уурбуттара - тугунан да кэмнэммэт үрдүк дьайыы. Бу хорсун быһыы үйэтитиллиэхтзэх.
Итинник санаанан салайтаран, Ржев куораты кытта шефтэһиини иилээн-саҕалаан тэрийсибит киһинэн Михаил Романович Петухов буопар.
- Михаил Романович, эн Ржев куоракка саха салпааттарын кэриэһигэр мемориал бырайыагын онорбутун, Ржев дьаһалтатын кытта кэпсэтиилэргэ көхтөөхтүк кыттан, бу дьыалаҕа элбэх сыраҕын биэрдэ5ин. Ол сүрһүн соруга туохханый?
- Сэбиэскэй Союз элбэх ахсааннаах норуоттарын бэрэстэбиитэплэрин кытта бииргэ Саха сиригэр олохтоох омуктар Улуу Кыайыыны уһансыбыттара. Москва оборонатыгар, Сталинград сэриитигэр, Ржев куорат иһин охсуһууга, Курскай Дугаҕа, Советскай Союһу, Европаны босхолооһунна, Берлини ылыыга Саха сирин буойуннара хорсуннук сэриилэһэн кыайан-хотон дойдуларыгар эргиллибиттэрэ. Үгүс саллаат сэрии толоонугар геройдуу охтубуттара.
Ржев куорат иһин сэрии суолтатын кэнники кэмнэ Аҕа дойду сэриитин биир уһулуччулаах, ол эрээри олус элбэх сиэртибэлээх, кыргыһыытынан бэлиэтииллэр.
Саха сириттэн маннай ытык Ржев сиригэр Нам оройуонуттан сэриилэспит ветераннар, сэрии толоонугар охтубут буойуннар оҕолоро Шарапов И.С, Павлов Н.П, корреспондент Халыев Т.И. Ржев сэриитин кыттыылааҕа Дураев Д.Г. салайааччылаах делегация Кыайыы 40-с сыллаах юбилейыгар 1985 с. сылдьыбыттэра. Онно Ржев куорат иһин сырдык тыыннарын толук уурбут Саха сирин буойуннарыгар Нам оройуонун аатыттан памятник тутуохха диэн кэпсэтии ыытан кэлбиттэрэ.
1986 с. памятник эскизнай бырайыагар Нам оройуонугар куонкурус биллэриллибитэ. Онно мин бырайыагым биһирэбили ылан кыайыылааҕынан буолбута. Оччолорго идэбинзн Нам музыкальнай оскуолатыгар уруһуй учууталынан үлэлиирим. Мемориал бырайыагын онорорбор бэйэм керүүбүн, туох баар дьоҕурбун, өйбүн-санаабын түмэн туран үлэлээбитим. Куонкуруска кыайыым миэхэ дьоһун ситиһии буолбута. Кэлин «Бэйэм үлэм бүттэ, аны хайдах туталлара бэйэлэрин дьыалалара», - диэн тохтоон хаалыахпын санаам буолбатаҕа. Сүрэхпинэн-быарбынан, элпинэн-хааммынан ыалдьыбыт бырайыагым буолан, олоххо киирэригэр кыттыспатахпына табыллыа суох курдугум.
Аҕыс сыллаах үлэм түмүгэ - пааматынньык арыллыыта 1994 сыллаахха 44 сааспын туолар күммэр буолбута. Икки өттүттэн элбэх киһи кэлбитэ. Ржев буойуннарын сырдык кэриэһигэр дьоһун кэнсиэр буолбута. Ветераннар, үрдүк сололоох салайааччылар, олохтоохтор, ыалдьыттар сылдьыбыттара, Бу улахан стратегическай кыргыһыыга мин аҕам, убайым, чугас аймаҕым кыттыбатаҕа. Ол эрээри Сахам сирин буойуннарын кэриэстээһин, кинилэр ааттарын үйэтитии - ытык иэһим, биһиги бары иэспит диэн тулхадыйбат санаалаахпын. Кинилэр хорсуннук сэриилэһэн, кыа хааннарын тоҕон, биһиги эйэлээх олоххо олордохпут, үөрэнэ-үлэлии, айа-тута сырыттахлыт.
— Ржев олохтоохторо, дъаһалтата зһиги инициатива5ытым хайдах ылыммыттарай?
- Ржевтэр үрдүк купьтурапаах, эйэҕэс, дьыалабыай дьон. Атын омук дьонун, кинилэр культураларын убаастыыллар. Эппит тыпларыгар тураллар, кинилэри кытта биир сыаллаах-соруктаах үлэлиир олус интэриэһинэй. Биһиги идөяларбытын куруук өйүүллэр.
Ржев куорат дьаһалтатын өттүттан сир биэриигэ туох да хааччахтааһын тахсыбатаҕа. Куорат баһылыга Виктор Стрекалов балтараа гектар сири букатын биэрэргэ дьаһайбытыгар махтал. Бу миэстэ Саха республикатын территориятынан да ааҕыллыан син. Чопчу ити ытык сири ылыы ылбычча быһаарыы буолбатаҕа. Ржев куораты босхолуур кыргыһыыга ити туһаайыытынан маннай 1942 сылга 29-с, онтон 1943 сылга 30-с армиялар састааптарыгар Саха сирин буойуннара хорсуннук сэриилэһэн, үгүстэрэ ити ытык сиргэ охтубуттара. Виктор Иванович биһиги этиилэрбитин ылынан, бэйэтэ эмиэ идеяларын киллэрэн, икки өттүттэн олус кедьүүстээхтик үпэлээтибит, үлэлиэхлит да турдаҕа.
Правительство сорудаҕынаи мемориал үбүлээһинин республика Эйэ көмүскэлин комитета ылсыбыта. Председатель Габышев Михаил Прокопьевичка махталым улахан. Тутуу саҕаланыаҕыттан мемориал үлэҕэ киириэр дылы үп-харчы, тэрээһин үлэлэри иилээн-саҕалаан барбыта. 1988 с сайынын мин Москваҕа. Ржевкэ мемориал састааптарын заказтаан онорторорго сылдьыбытым. Олору кыһыл, борон еннеех гранитынан уонна алюминийынан кутан оҥоһуллуохтааҕа. Ити кэмҥэ тутуу материала былаан быһыытынан имитинэн үллэһиллэрэ. Ону булууга улахан көмөнү Иннокентий Гаврилович Игнатьев, Саха республикатын бастайааннай представителэ онорбута. Ол курдук Украинаттан, Карелияттан гранит фондата кэлэн Москва куоракка баар тутуу матырыйаалларын онорор «Мозаика» диэн кооператив бэлэмнээбитэ. Алюминий оҥоһуктары «Ржевбашкран» краностроительнай собуот сыаҕар куппуттара. Цех начальнига Анохин С.Н. кыһаллан, хонтуруоллаһан үлэ хаачыстыбалаахтык толоруллубута. Проект архитектурнай чааһын Ржев оройуонун архитектора Вараксин Б.Т. толорбута. Тутуу, монтажтааһын үлэтин Ржевтээҕи СМП-262 тэрилтэтэ (начальник Поликарпов А.А.) толорбута. 1991 сыл сайыныгар мемориал үпэҕэ киллэриллиэхтээх этэ. Ону ити сылпаахха буолбут дойду олоҕун аймаабыт событиелар охсууларыгар түбэһэн мемориал тутуута 1992-1993 сс. тохтсобута. Мин 1992-1994 сс. «Энсиэли Даймонд» АО генеральнай директорынан үлэлиирбэр Смоленскай куорат «Кристалл» алмааһы кырыылыыр собуота партнербут буоларынан Москва, Смоленскай куораттарга үгүстүк сылдьарым. Онно тиийдэ5им аайы син-биир Ржев куоракка тахсан сибээстэһэн мемориал хайдах керүллэн турарын, кини салгыы ситэриллиэхтээҕин ирдэһэрбин, кэпсэтиһэрбин билиһиннэрэрим.
1994 с. Кыайыы 50-с сылын керсе республиканскай юбилейнай комиссия Саха сирин Правительствотыгар туруорсан үп керүллэн, ити сайын Нам оройуона инициатор буоларынан, Петров Николай Николаевич Ржевкэ тиийэн, хаалбыт үлэлэри ситэрэн биэрбиттэрэ.
Мемориал топору киэбинэн атырдьах ыйын 23 күнүгэр 1994 с. Саха сирин делегацията кыттан үрдүк таһымнаахтык аһылпыбыта.
Нам сэлиэнньэтигэр биир уулуссаны Ржевская диэн, оттон Ржев куоракка Намская диэн уулуссаны оноруохха диэн дуогабардаспыппыт. Анарааннылар тута киэн-куон, олус кыраһыабай биир киин уулуссаҕа Намская диэн ааты инэрбиттэрэ. Биһиги вокзалтан арҕаа диэки барар, санатык тутуупардаах, ветераннар дьиэлэрэ баар кестүүлээх соҕус уулуссаны ааттыаҕын диэн туруорсан, 2009 с. Нам сэлиэнньэтигэр ити уулуссаҕа Ржевская диэн аат инэриллибитэ.
Ржев олохтоохторо мемориал-пааматынньыгы, чосуобунаны сүрдээҕин сөбүлүүр сирдэрэ буолла. Улахан бырааһынньыктарга дьон-сэргэ, сыбаайбалаахтар кэлэн хаартыскаҕа түһэр, хайаан да тыыннаах сибэкки ууран хаалларар үтүө угэс олохтообуттар, кинилэргэ бу болуоссат сибзтиэй миэстэнэн буолбут да диэтэххэ омун буолбатах.
2002 с. республикабыт бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев Ржев куоракка такса сылдьан, мемориал реконструкциятын салгыы үөрэтии үлэтин ыытыахха наада диэн правительствоҕа сорудахтаабытыттэн мемориал салгыы ситэриллэн оҥоһуллубута, православнай храм-часовня тутуллубута. Ол бэйэтэ туспа суолталаах. Оччотооҕу буойуннар, теһе да сэбиэсхэй былааска бэриниилээхтэрин иһин, үгүстэрэ кириһиэнньэлээхтэрэ эбитэ үһү. Атаакаҕа киирээри олорон ботугуруу-ботугуруу кириэс охсуналлар эбит. Онон сылыктаатахха итэҕэплэригэр бэриниилээх дьон буоллахтара
- 2007 с. Россия президенэ Владимир Путин уурааҕынан Ржев куоракка «Город Воинской славы» диэн урдук аат инэриплибитэ. Хойутаан да буоллар. Ынырыгы кэпсииллэр этэ, буор анныгар дьон елугэ арананан сытарын туһукан — сайынны киһи, куһунну киһи, кыһынны киһи диэн...
- Бу чахчы улахан сэрии буолбут сирэ. Ржев тулатыгар балтараа мөпүйүен кэринэ советскай буойуннар көмус унуохтара сытар, онтон улахан анара хараллыбатах буолуохтаах. Байыаннай историктар «Ржевская мясорубка» диэн ааттыыллар. Ржев куораты босхолуур Ржевскай-Вяземскай операция 14 ый устата барбыта - 1942 с. саҕаланан баран 1943 сыл кулун тутар 3 кунугэр кыайыынан тумуктэммитэ. Мелуйуенунэн киһи былаҕайга былдьанан, өлүү айаҕар киирбиттэрэ, киирэ турбуттара - дьулаан. Байыаннай салалта кинилэри өрүһүйэргэ ыксаабатаҕа. Арааһа онтон кыбыстан эбитэ дуу, урукку былаас саҕана ким да Ржевкэ улахан суолтаны биэрбэтэх буолуохтаах. Онно биһиги, Ржев куорат аатын-суолун урдэтиигэ, онно охтубут буойуннары кэриэстииргэ уонна уйэтитэргэ, Саха сирин дьоно, бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрбиппититтэн испэр уерэ саныыбын.
- «Город Воинской Славы» Ржевы кытта ситим салҕанар дуо?
- Биһиги үлэбит ыыра кэнээтэ. Бырааттыы могилаҕа көмүллүбүт буойуннартан ураты, урут хараллыбакка хаалбыт дьон кырамтатын булуу - биир сүрүн үлэбит. Билиҥҥи туругунан уопсайа икки аҥаар тыһыынча Саха сирин саллаатыттан 600-тэн тахса киһи аатын-суолун, тердун-ууһун быһаардыбыт. Сорохтор Ржевкэ саха саллааттарэ эрэ кыттыбыт курдук өйдуүлпэр. Ол сыыһа. Саха сириттэн араас омук дьоно бары бааплара - татаардар, нууччалар, белорустар...
Билинни үлэбит сүрүн хайысхата - кэлэр көлүөнэ ыччаты байыаннай-патриотическай санааҕа иитии. Ол чэрчитинэн Нам улууһун оҕолоро, ол иһигэр Ржевкэ охтубут саллааттар сиэннэрэ, аймахтара чинчийэр улэни ыыппыттара. Ржевкэ оҕолору сүрдээх үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Үлэлииргэ, үерэтэргэ баһаам элбэх матырыйаал, тиэмэ баар. Бу - кэскиллээх. инникилээх дьыала буоларын өйдөөммүт, салгыы чинчийиини ыытар былааннаахпыт.
- Михаил Романович, сыралаах улэн утуе тумуктэммитэ киһини уердэр. Онтон эн Ржевтээҕи бырайыагын тус бэйэҕэр тугу биэрдэ?
- Элбэх үбү өлерүөхтээҕэр ороскуот да баара. Авторскай төлөбүрүм быһаарылла илик. Бу бырайыак олоххо киириитэ элбэх бириэмэни ылар буолан, үлэбинэн уурайарга күһэллибитим. Чэ, мин итиннэ улаханнык харааста барбаппын. Н.С.Тимофеев, Н.Х. Горохов көҕүлээһиннэринэн, туруорсууларынан Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Ытык киһитэ ааттар инэриллибиттэрэ. Бу миэхэ үрдүк суолталаах. Этэн аһарбытым курдук, мин саамай үөрэрим диэн - аҕа көлүөнэ иинигэр ытык иэспин толордум.
Кэпсэттэ Сардаана ЭВЕРСТОВА. Нам