top of page
загруженное.jpg

Парникова Анна Алексеевна- Сабарай Илгэ

ОЛОҔУМ ТУҺУНАН КЫЛГАСТЫК

(Анна Парникова - Сабарай Илгэ автобиографията)

1959с. муус устар ый 17 күнүгэр Уус - Алдан Суоттутугар төрөөбүтүм. Ийэм - Нам Торуой Хомустааҕыттан төрүттээх физика, математика учуутала Парникова (кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньата Юшкова) Мария Спиридоновна, аҕам - Суотту олохтооҕо агроном идэлээх Парников Алексей Николаевич.Үс саастаахпар дьоммунуун Нам Бартыһааныгар көһөн кэлиэхпиттэн ыла, манна олоробун.Кырабар икки хараҕа суох ийэбинэн эһэм Юшков Спиридон Михайлович - Оҥхоот оҕонньор олоҥхотун, остуоруйаларын, үһүйээннэрин эҥин истэн улааппытым. Ааҕар буолуохпуттан, оччолорго үгүөрүтүк бэчээттэнэр чэпчэки сыаналаах хоһоон кинигэлэрин, атын да сахалыы, нууччалыы айымньылары аҕабар үлэһэн ылларан ааҕа-ааҕа хайдах маннык дьикти үчүгэйдик тылы дьүөрэлээн, наардаан суруйалларый диэн, сөҕө, ымсыыра саныыр буоларым. Бастакы хоһоонум аата «Хатыҥчааным барахсан» диэн этэ, дьиэбит таһыгар аҕалан олордубут хахыйахпытыгар анаммыта. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан кэлин да ыытар хоһооннорбун биирдиилээн эмэ оройуонум хаһыата бэчээттиирэ.1976 с. Суотту орто оскуолатын бүтэрэн баран, дойдубар Бартыһааҥҥа сопхуоска үлэлээбитим, эмиэ да соҕуруу куораттарга үөрэнэ сылдьыталаабытым. Онтон дьэ 1986 с. сайын ахтылҕаннаах Сахам сиригэр букатыннаахтык төннөн кэлбит үөрүүбүттэн төлө көтөн тахсыбыт хоһооннорум улахан бөлөхтөрүн бэйиэт, эрэдээктэр Николай Рыкунов «Ленин суола» хаһыатыгар бэчээттэппитэ. Ити кэнниттэн «Эдэр коммунист» хаһыаттан аҕабар эрэдээксийэтин сорудаҕынан кэлэ сылдьар суруйааччы, суруналыыс Прокопий Чуукаар түбэһэ түһэн хоһооннордоох тэтэрээппин ылан илдьэн, хаһыатыгар таһааттарбыта, онтон кэлин 1992с. «Куйаас сайын» диэн ааттаах кинигэ гынан бэлэмнээн бэчээттэппитэ. Иккис «Күн баҕам» диэн сүрэхтэммит кинигэбин бэйиэт Моисей Ефимов көрөн - истэн, биэбэйдээн күн сирин көрдөрбүтэ.

Онон ити үс киһи мин айар үлэм аҕалаатар аҕалара, үтүө төһүүлэрэ буолаллар. Биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри, сопхуоска үлэлээбитим. Кэлин ыалдьан дьиэбэр олоробун, кэлиҥҥи хоһооннорбун бэчээккэ бэлэмниибин.

Хоһоонунан бэйэм олох, өлүү, дьол, сор уо.д.а тустарынан санааларбын чопчулаан этэ сатыырга кыһанабын.

 

«Бичик» кинигэ кыһатыгар, чуолаан дириэктэр Егоров Август Васильевичка, эрэдээктэр Людмила Алексеевна Федороваҕа, «Күһүҥҥү ыһыаҕым» кинигэм тахсарыгар ис сүрэхтэриттэн кыһаммыт, сүүрэн - көтөн көмөлөспүт дьоҥҥо: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын түмсүүтүн салайааччытыгар Мигалкин Иван Васильевичка, истиҥ дьүөгэбэр поэтесса, литэрэтиирэ кириитигэ Томская Галина Егоровнаҕа - Айыынаҕа, хоһооннорбун бэчээттээбит Винокурова Мария Григорьевнаҕа, кийииппэр Надежда Анатольевнаҕа, бииргэ төрөөбүттэрбэр Антонинаҕа, Николайга, Варвараҕа, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр - бука барыгытыгар барҕа махталбын кытары байдам алгыспын ыытабын. Аны да айар баҕалаахтарга кыраҕы харахтаныҥ, суруйар соруктаахтарга сылаас сыһыаннаныҥ, саха суруга - бичигэ сайда - чэчирии турарын туһугар!

 

Парникова Анна Алексеевна - Сабарай Илгэ, поэтесса

Убаастабыллаах Иван Васильевич!

«Күһүҥҥү ыһыаҕым» кинигэм тахсарыгар ис сүрэххиттэн кыһанан, сүүрэн - көтөн көмөлөспүккэр барҕа махталбын кытары, байдам алгыспын ыытабын. Аны да айар баҕалаахтарга кыраҕы харахтаныҥ, суруйар соруктаахтарга сылаас сыһыаннаныҥ, саха суруга - бичигэ сайда - чэчирии турарын туһугар!

                                                                                            Парникова Анна Алексеевна - Сабарай Илгэ

 

 

«Отуу уота» литературнай түмсүү

2.jpg
5.jpg

Анна Парникова бастакы "Куйаас сайын" кинигэтин сүрэхтэниитэ. 1994с.

куйаас.jpg
7 лугинов.bmp

Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатыгар 
Парникова А.А.- Сабарай Илгэ 50 сааһа. 2009 с.

img_8189-scaled.jpeg
1.jpg

Сабарай Илгэ “Күһүҥҥү ыһыаҕым”  кинигэтин сүрэхтэниитэ. 
СӨ Национальнай библиотеката, 2016с.

IMG-20160514-WA0034.jpg
DSC_2297.JPG
DSC_2294.JPG
IMG-20160514-WA0035.jpg
6.jpg
DSC_2373.JPG

Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатыгар 
Парникова А.А.- Сабарай Илгэ 60 сааһа. 2019 с.

LDRP6482.JPG
QNXP4824.JPG
XEOD8810.JPG
IMG_9096.JPG
IMG_9098.JPG

П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай түмэлгэ 
Сабарай Илгэ 60 сааһын бэлиэтээһин

HGWN1810.JPG
IMG_8994.JPG
IMG_8951.JPG
IMG_8978.JPG
IMG_8983.JPG
IMG_9002.JPG
IMG_8959.JPG
IMG_8985.JPG
IMG_8956.JPG
IMG_9004.JPG
IMG_9005.JPG
IMG_8999.JPG

Парникова А.А.- Сабарай Илгэ "Мин күһүҥҥү ыһыаҕым" кинигэтин сүрэхтэниитэ.  Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотеката, олунньу 28 күнэ, 2020с.

BNWV0557.JPG
IMG_7280.JPG
IMG_7282.JPG
IKII3413.JPG
IMG_7291.JPG
MVYT9811.JPG
CKMN2419.JPG
IMG_7288.JPG
UIIM4284.JPG
WLZH0104.JPG
PVCC0934.JPG
NYAS8149.JPG
OFWN5873.JPG
YHMQ3317.JPG
QKBA8467.JPG
KAMK5799.JPG
bottom of page