top of page
kfc7tsz5hfookuzkji5stg32jk0qro6t.jpg
WhatsApp Image 2024-03-21 at 15.58.31.jpeg

ХОЛОБУР БУОЛАР УЛАХАН ОЛОХ

 

Афанасий Андреевич 1924 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр Нам оройуонун II Хомустаах нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. II Хомустаах, Партизан нэһилиэктэригэр үөрэнэн 7 кылааһы 1942 с. бүтэрбитэ уонна колхозка кладовщигынан үлэлээбитэ. 1943 с. бэс ыйыгар сэрии үгэннээн бара турдаҕына, Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Бастаан Чита уобалаһыгар Даурия станцияҕа байыаннай үөрэххэ, Онтон Казань куоракка младшай командирдар оскуолаларыгар үөрэммит, сержант званиелаах фроҥҥа атаарыллыбыта. Кини 3-с Украинскай фроҥҥа түбэһэн, Кривой РОГ, Николаев, Одесса, Тирасполь, Бухарест куораттар туһаайыыларынан  кыргыһыыларга кыттыбыта, былаһын тухары взвод ручной пулеметчигынан сылдьыбыта. Молдавия сиригэр Днестр өрүһү туорааһыҥҥа биһиги чаастарбытыгар суоһарыылаах уоту аһан, буомбалаан элбэх өлүүнү-сүтүүнү соҥнообут улахан кыргыһыыга хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин "Хорсунун иһин" мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

 

Өстөөх ити курдук буом-буом сирдэргэ күүһүн түмэн күүстээх утарсыылары оҥортуура. Ити кэмҥэ биир взводтан иккиэ эрэ тыыннаах ордон кэлэн, командова­нияҕа наадалаах сибидиэнньэлэри тиэрдибиттэрин иһин Албан Аат III степеннээх орденынан наҕараадаламмыта.

1944 с.Афанасий Андреевич уҥуох тостуулаах ыараханнык бааһыран, Днепропет­ровскай, Одесса куораттарга госпитальга сытан, эмтэнэн баран, 1945 с. тохсунньуга төрөөбүт нэһилиэгэр этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Бастаан ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэтин саҕалаабыта, нэһилиэгэр комсомольскай тэрилтэ секретарынан талбыттара.

А.А.Протопоповы 1946 с. ком­сомол райкома республикатааҕы культпросветучилищеҕа үөрэххэ ыыппыта. 1949 с. «организатор-методист клубной работы» диэн дипломнаах специалист буолбута.  1954 с. диэри Нам оройуонугар райсовет исполкомун культураҕа отделыгар инспекторынан, 1954-1969 сс. райсовет исполкомун культураҕа отделын сэбиэдиссэйинэн илиитин араарбакка улэлээби­тэ, 1969-1973 сс. Культура министерствотын дьаһалынан хоту Анаабыр оройуонугар райсовет культураҕа отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

Буойун, үлэ ветерана төһө да сааһырдар үлэттэн-хамнастан тэйбэтэҕэ, 1973-1981 сс. оройуоннааҕы райпо бырабылыанньатын кадрга солбуйар председателинэн үлэлээбитэ. 1981-1992 сс. истибэттэр инбэлиит обществоларын председателинэн, 1992-1998 сс. Нам улууһун ветераннарын сэбиэтин салайбыта.

 Афанасий Андреевич эйэлээх олоҕу тутууга бэйэтин харыстаабакка үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ол туоһутунан кини наҕараадалара буолаллар: “Үлэҕэ килбиэнин иһин”, “Үлэ ветерана” уо.д.а мэтээллэр, ССРС, РСФСР культура  министерствотын бочуотунай грамоталара, Саха АССР Верховнай Советын Бочуоттаах грамотата, Ветераннар бүтүн Союзтааҕы комитеттарын “Знак Почета” бэлиэ. 1965сыллаахха “Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ”, “ССРС культуратын туйгуна” үрдүк ааттар иҥэриллибиттэрэ. 1984с. Нам улууһун Бочуоттаах гражданина буолбута.  

 Афанасий Андреевич олоҕун аргыһынаан Мария Никитична Федоровалыын 1949 с. ыал буолан, 54 сыл эйэ-дэмнээхтик олорбуттара. 5 оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн, атахтарыгар туруоран улаатыннарбыттара.

Афанасий Андреевич, Мария Никитична Протопоповтар  олохторун билигин элбэх сиэн, хос сиэн салҕыыллар, эһэлэрин, эбэлэрин холобурдарыгар иитиллэн үтүө дьон буола улааталлар.

bottom of page